ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

даҕааһын

аанынааҕы

  • Туох эрэ аанын аттыгар баар (туох аана буолара ыйыллар, эбэтэр халб. холб. тут-лар)

Нууччалыы

  • Находящийся у какой-л. двери, у входа (употр. в определительных сочет. )
  • Олбуор аанынааҕы. Гараж аанынааҕы массыына. Хороон аанынааҕы хапкаан.  Суол аанынааҕы ороҥҥо Быргый ийэтэ Мааппа эмээхсин, ыалдьан өлөөрү ынчыктыы-ынчыктыы, -- көппөх тахсан сыппыта. Күндэ. Бэйэтигэр суол аанынааҕы кылгас ороҥҥо от үрдүгэр тэлигириэйкэ тэлгэттэ. С. Никифоров. Тиэтэйбит батыйатын сиргэ дьөлө анньан баран, хараҕатыгар быарынан бигэнэ, иҥиэттэ, суол аанынааҕы дүлүҥ олох маска олорорЭрилик Эристиин

«А» буукуба