абыранаахтаа
- абыран диэнтэн атаах. Хайа ол айан сүөһүтэ барахсан, айаннаан сылайан кэлэн баран, күөх оту сиэн хонноҕуна, абыранаахтыа этэ буоллаҕа дии. А. Софронов. "Ок-сиэ, мантан баҕас Огдооччуйаны мииннээбит киһи, төһө эрэ абыранаахтыыр этэ", - дии саныыр Болот. Н. Заболоцкай. Бу эргин дьон чэйинэн, табаҕынан, таҥаһынан даҕаны бэркэ тутайан, ыксаан олороллор. Ол кэллэр абыранаахтыа этилэр. Н. Якутскай