айаатас
- айаатаа диэнтэн холб. туһ. Оҕус айаатаһан билсэр (өс ном. ). Алталаах атыыр оҕустар Айаатаһан лаҥкыныы туралларын курдук, Аалтыстаах аал маҥан хайалар [өргөстөммүттэр]. П. Ойуунускай. Харыйа тумул Хараҥа сыҥын иһиттэн Ынахтар Ыадастылар, Атыыр оҕустар айаатастылар. Күндэ. Сыһыыларга атыырдар дьохсооттоһоллор, Томторго оҕустар айаатаһаллар. Таллан Бүрэ