ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

айымньылаах

1 · даҕааһын

  • даҕ
  • Айымньылаах үлэ эрэ Дьон дууһатын үрдэтэр! С. Данилов. Айымньылаах үлэ диэн - үксүгэр бэйэни, бэйэ мөлтөөһүннэрин кытары күрэс былдьаһыы. Н. Лугинов. Саҥа экскаваторщик дууһатыгар айымньылаах үлэ умуллубат уота умайараИ. Данилов

2 · даҕааһын

  • Өрө күүрдүүлээх, киһини дуоһутар, таһаарыылаах

Нууччалыы

  • Вдохновенный, высокопроизводительный, приносящий моральное удовлетворение
  • Айымньылаах үлэ эрэ Дьон дууһатын үрдэтэр! С. Данилов. Айымньылаах үлэ диэн - үксүгэр бэйэни, бэйэ мөлтөөһүннэрин кытары күрэс былдьаһыы. Н. Лугинов. Саҥа экскаваторщик дууһатыгар айымньылаах үлэ умуллубат уота умайараИ. Данилов

3 · даҕааһын

  • Саҥаны булар, айар кыахтаах, айардыы сыһыаннаһар кыахтаах

Нууччалыы

  • Способный к творчеству, склонный к творческому мышлению
  • Максимҥа айымньылаах толкуй суох. Кини “көстүбэти” көрбөт. Н. Лугинов. Толору дуоһуйуу диэн кинилэргэ [талааннаахтарга] инники угуйар уот умуллуута, айымньылаах аартык сабыллыыта буоллаҕаАмма Аччыгыйа

4 · даҕааһын

  • Тугу барытын баар гынар, абыраллаах, өрүһүлтэлээх (хол. , күн туһунан)

Нууччалыы

  • Благодатный, спасительный, дающий жизнь всему сущему (напр. , о солнце)
  • Кини [күн] айымньылаах сардаҥата бу сир ийэни угуттуур, сырдатар буолан, бу биһиги Ийэ дойдубут -- кэрэ мичил дьүһүннээх буолбат дуо, доҕотторуом!Суорун Омоллоон

«А» буукуба