ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

алаа

1 · даҕааһын

  • Ырааҕы кыайан көрбөт, чугаһы эрэ үчүгэйдик көрөр

Нууччалыы

  • Близорукий
  • Дьиэлээх тойон, хара бытыктаах, киэҥ алаа харахтаах, толуу эдэр киһи -- атаҕын оллоонноон олорон, табах тардар. Амма Аччыгыйа. Атаҕын анныттан алдьархай ааҥныырын арааран билбэтэх алаа харах мэкчиргэ, тугу оҥоруон булбакка, тула эргийбитР. Баҕатаайыскай

2 · даҕааһын

  • Бииргэ буолбакка, туора-маары, атын-атын сири көрбүт (үксүгэр киэҥник мэндээриччи көрбүт харахтаах киһи туһунан)

Нууччалыы

  • Косоглазый, косящий (обычно о широко открытых, невыразительных глазах)
  • М. Тимофеев. Уот Кутаалай Удаҕан эдьиийим! Аҕыс дьэс хараҕыҥ Атара былас уота Алаанан сабыллыбатах буоллаҕына Истэ оҕус, Көрө оҕус!С. Васильев

3 · аат тыл

  • суолт. Ырааҕы кыайан көрбөт, чугаһы эрэ үчүгэйдик көрөр киһи; ырааҕы көрбөт буолар харах ыарыыта

Нууччалыы

  • Близорукий человек; близорукость. [Тииҥ] Оҕоҕо, дьалбааҕа, Улахан алааҕа Отой да көстүбэт, - Ыраахтан биллибэт Оргулун оҥордо, Оҕотун хоннордо!
  • М. Тимофеев. Уот Кутаалай Удаҕан эдьиийим! Аҕыс дьэс хараҕыҥ Атара былас уота Алаанан сабыллыбатах буоллаҕына Истэ оҕус, Көрө оҕус!С. Васильев

«А» буукуба