аат тыл
амнистия
- Буруйу оҥорбут дьону холуобунай буруйдааһыннартан букатын эбэтэр сорох өттүнэн босхолооһун
Нууччалыы
- Амнистия
- Саха сирин губревкома көҥүл өттүлэринэн бэринэр үрүҥнэргэ амнистия таһаарар. Амма Аччыгыйа. Сыылынайдар толорута суох эбэтэр толору амнистияны күүппүттэрэ. Ю. Чернов (тылб. ). [Өрөбөлүүссүйэ] амнистия оҥорон, бэл холуобунай ыар буруйдаах күтүрдэри таһаартаан кэбистилэрИ. Гоголев