араҥалан
- араҥалаа диэнтэн бэй. , атын. туһ. Хаар үрдэ эрэ, турбут сүөгэй курдук, маҥан араҥаланан көстөр буолар эбит. Амма Аччыгыйа. Билии кэҥээн, былыргылар биир сомоҕо наукалара - философия - элбэх тус-туспа салааҕа араҥаланан барбыта. ДИМ. Майааннар кимтэн кииннээхтэрэ, хантан хааннаахтара өссө да ситэри араҥалана илик. Багдарыын Сүлбэ