аргыстан
- аргыстаа диэнтэн бэй. туһ. Урут Саргылаанаҕа учуутал үлэтэ наар үөрүү-көтүү, уруй-айхал аргыстанан көстөрө. Софр. Данилов. Муустаах муораттан дьол оҕуһа обургу аас-аччык аргыстанан, тахсан кэлэр. Н. Заболоцкай. Киһи үлэлиир-хамныыр, дьиэлээх-уоттаах, дьоллоох буоллар эрэ, хайаатар да кыра, улахан дьол аргыстанар. Н. Габышев