аҥаһан
- аҥас диэнтэн -ан сыһыар-х сыһ. суолт. тут-лар. Олбуорга сыһыары тэлиэгэ, сэп-сэбиргэл угар, аттары аҕалан туспа сөрүүкэтэр сарайдар аҥаһан тураллар. Бэс Дьарааһын. Сайылык атын дьиэлэрэ түннүктэрэ аҥаһан, сабыста барыаран, иччитэх тураахтыыллар. И. Федосеев. Грачевка үрдүгэр туран көрдөххө, үрэх иннинээҕи хонууга буомбалар тоҕо сүргэйбит оҥкучахтара билигин да аҥаһан сыталлар. “Кыым”