аһас
I · 1
- аһаа диэнтэн холб. туһ. Тукаам, кэл сиэ, ыл, Ыстапаан, аһас. А. Софронов. Хоноһо суоҕар Александр киэһэ-сарсыарда остуолга кэлэн асаһара. М. Доҕордуурап. Дьиэлээх дьукаах эмээхсиннэрин уһугуннарбакка, аһы бэйэтэ бэлэмнээн, уолун кытта бииргэ асаһан баран утуйар. Дьүөгэ Ааныстыырап
II · 2 · даҕааһын
- Элбэҕи аһыыр кыахтаах, аһыырын сөбүлүүр
Нууччалыы
- Способный, любящий много поесть
- Булчуттар наһаа аһаспыт суох, моҕус киһи кыайан хаампат, сэниэтэ сотору эстэр. И. Гоголев. Аҕам аһас киһиэхэ Ас-үөл дэлэй биһиэхэ Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар, Көрдөһөбүт ыалдьыттааҥ! С. Данилов. Аас-туор, аһас дьоҥҥо маарыннаахтык, Алаас күөх отун амтаннаахтык Кэбэхтии-кэбэхтии ол сүөһүлэр, Киҥнэрэ холлон, күрдьүөтэстилэрМ. Тимофеев