бааралаах
- көр пааралаах. Синньэлээх, дьэрэкээннээх бэһиэйэхтээх, Матаарчах айах бааралаах, Чороон иһит тускуллаах, Кэриэн иһит кэскиллээх. Саха нар. ыр. II. Кыра сааһыттан сытыытынан, уҥуоҕунан бэйэтин бааралаахтарыттан өндөһүнэн дьоно биир сыл эрдэлээн кыыһы оскуолаҕа киллэрбиттэрэ. В. Протодьяконов. Эн бастыҥ майгылаах бэйэҕэр Бааралаах баарын мин билбэппин. Эллэй