ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

туохтуур

бадаҕалаа

  • Туох эмэ туһунан эрдэттэн сабаҕалаа, сылыктаа

Нууччалыы

  • Предполагать, допускать возможность чего-л. [Чоочо] Хата халыҥ сиһи хаамар киһи, хайа, доҕоор, Манчаары уол барбыт сирин бадаҕалаан биллиҥ дуо?
  • А. Софронов. Бадаҕалаан көрдөххө, Бас аайы Мааны баҕа Баһаам элбэх. А. Софронов. Мин төрөөбүт сылым соччо чуолкайа суох. Бадаҕалаатахха, 1918 сыллаахха саас быстарыы саҕана буолуохтаах. “ХС”

«Б» буукуба