туохтуур
бадьырый
- дьүһ. туохт. , кэпс. Томороон, модороон көрүҥнэн
Нууччалыы
- Иметь крупный, грубый неотесанный вид
- Биир хартыынаҕа суон бэгэччэктээх бадьырыйбыт сүүнэ киһи сутуруга көстөр. Болот Боотур. Оҕонньор бадьырыйбыт илиитин түөһүгэр сыһыары тутан ылан баран, сэрэниин-сэрэнэн токутан аҕалан быар кууһуннарбыта. “ХС”. Чаҕылхай солотуунан килбэҥнээбит, бадьырыйбыт кэтит араамаҕа олордуллубут ыраахтааҕы сүүнэ улахан мэтириэтэ ыйанан турара. М. Горькай (тылб. )