бакаа
I · 1
- , кэпс. Онуоха-маныаха диэри, кылгас кэм устатыгар
Нууччалыы
- До поры, до времени, в течение некоторого времени, пока
- Атын оройуоннарга итинник [Сардаа диэн] ааттаах сирдэр бааллара бакаа биллибэт. Багдарыын Сүлбэ. Ити гынан баран, кэтэһэ да түһүөхпүн син, бакаа ыксыырым суох. В. Яковлев. [Семенов:] Бэйи, бакаа киирбэппин, таһырдьа да үчүгэй. С. Ефремов. Мемориальнай дьиэ тутуута бакаа ситэ илик. “ХС”
II · 2
- саҥа алл. Бырастыылаһар тыл: көрсүөххэ диэри (үксүгэр чэ диэн саҥа алл. кытта тут-лар)
Нууччалыы
- Приветствие при прощании, пока (обычно употр. с межд. чэ)
- Чэ, бакаа. Сарсыарда кэлэн билсиэм. М. Шолохов (тылб. ). Чэ, бакаа, быраһаай, ийэ сир - Ырыабын баҕар ыл, баҕар сир. "ЭК". [Чокуурап:] Чэ, бакаа, быраһаай, киэһэ сарайга баҕар кэлэ сылдьыамС. Ефремов