баллыгырас
- баллыгыраа диэнтэн холб. туһ. Дьон киирдилэр-таҕыстылар, суруйдулар эҥиннээтилэр, этиһэн эрэллэр диэх курдук баллыгырастылар. А. Софронов. Кыра оҕолор тугу эмэ баллыгырастылар. Амма Аччыгыйа. Филипп: "Оҕолор, барыҥ, ийэҕитигэр көмөлөһүҥ. Манна биһиги баллыгыраһарбыт элбэх буолуо". С. Ефремов