даҕааһын
балым
- , кэпс. Элбэхтик, дэлэйдик баар, олус элбэх, олус дэлэй
Нууччалыы
- Обильный, изобильный, щедрый
- Бүлүү балым баайа бэйэтин эйэлээх оҕолорун дэлэйдик иитэр күнэ эргийиэ. П. Филиппов. Охуоскай быыһыгар миэхэ тэҥнэһэр балым баайга тиксибит киһи, арааһа, суоҕа буолуо. “ХС”. Далай муоралыы долгуйуо Өҥ дьылбыт үүнүүтүнэн, Балым быйаҥы ылыахпыт Бүтүн дойду үрдүнэн. И. Чаҕылҕан. Тэҥн. байым