баргычый
- баргый диэнтэн субул көстүү. Баран-кэлэн баргычыйа, Тыраахтар сири тиэрдэ, Күнү быһа кылбачыйа, Көлөһө эргичийдэ. Дьуон Дьаҥылы. “Эһиги ымаҥнаһымаҥ!” - Никифоров өрө баргычыйан турда. Болот Боотур. Тыаһаан-ууһаан баргычыйан Тыраахтар ыалга кэллэ, “Ый сырдыгар сандалыйан” - ... Ырыа уурайан хаалла. И. Эртюков