ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

баһылын

  • бас I диэнтэн атын. туһ. Ардах уута түһэн баран, -- килэриччи чиҥээбит хаппыыста аһын эргиччи баһыллан турар. Амма Аччыгыйа. Суол сайын силис адаарыйан тахсан уонна уу баһыллан бадараан буолан, сылдьарга эбии эрэйэ элбиир. Эрилик Эристиин. Бу манан былыргыттан ыла Боотуруускай улуус айанын аартыга эбитэ үһү. Аҕыйах сыллаахха диэри сайыны быһа куурбат бадараанынан баһыллан сытар буолара. С. Федотов

«Б» буукуба