боруостаа
1 · туохтуур
- туохт
- Биир кыайыыгын боруостаатым
2 · туохтуур
- Туох эмэ ахсааннаах оонньууга, төттөрү сүүйэн, сүүйтэриигин төннөр, тэҥнээ
Нууччалыы
- Иметь ответный результат, успех в играх со счетом, покрывающий результат, успех партнера; отыгрывать
- Биир кыайыыгын боруостаатым
3 · туохтуур
- Ким-туох эмэ үтүөтүгэр хардар, үтүөтүн төлөө
Нууччалыы
- Отвечать на чьи-л. добрые поступки, услуги; отплачивать
- Бу уһуктаахтан ортохпуна, түрбүөннээхтэн төлөрүйдэхпинэ кэнэҕэс үтүөтүн-өҥөтүн боруостуом. “Чолбон”. Уйбаан, санаа, Дьиэҕэр аҕалбыт манньабар Өллөхпүнэ хойут, баҕар, Саалтыырбын ааҕан боруостуоҕуҥ. Дьуон Дьаҥылы. Уйбаан! Айыыны этээхтиигин ээ... Үтүөлээхпэр мөкүнэн боруостаатаҕыҥЭрилик Эристиин
4 · туохтуур
- Туох эмэ кыһарҕаны, накаастабылы толор (оҥорбут буруйуҥ сотулларын курдук) эбэтэр тугунан эмэ буруйгун суун
Нууччалыы
- Проходить полностью наказание (за преступление, вину) или искупать что-л. (свою вину, какой-л. свой грех)
- Бу киһи били түөрт сыллааҕыта Маарыкчаантан, буруйун боруостаан, барбыт Щербань хохол уола эбит. Эрилик Эристиин. Кини, бандьыыттаабыт буруйун-сэмэтин боруостаан, кэлин бу учаастак төһүү үлэһитэ буолар. С. Федотов. Алҕаһаабыккыт. Кэһэйиҥ! Алҕаскытын суобас суутун иннигэр боруостуоххутН. Лугинов
5 · туохтуур
- Тугунан эмэ (хол. , үлэлээн) туох эмэ сыанатын, суолтатын толуй
Нууччалыы
- Оправдывать собой, своим трудом что-л. (напр. , затраты на содержание), стоить по своему значению, качествам кого-чего-л
- Киһи эрэйин боруостаабат үлэ. Учуутал килиэбэ - эрэйинэн кэлэр килиэп. Ол эрээри ити килиэби чахчы боруостаатым дии саныыртан ордук улахан дьол суох! Софр. Данилов. Таҥыннарар таҥаспытын, аһатар аспытын боруостаабат үлэһит этэ. Н. Якутскай. Эбэбитин биһиги икки илиибитинэн ылабыт. Аҥаардас уопутунан, сүбэтинэн даҕаны биир киһини боруостуо дии саныыбытСуорун Омоллоон
6 · туохтуур
- Туох эмэ иннигэр эбээһинэскин, иэскин толор, төлөө
Нууччалыы
- Выполнять свой долг перед кем-чем-л
- Оттон эһиги бары миигин батыстаххытына, Ийэ сиргитигэр иэскитин боруостаатаххытына, Мин көмүллүбүт ииммин кини булуоҕа, Мин мэҥэ тааспар суруллан уоскуйуоҕа. С. Данилов. Баабыр, өбүгэлэр үгэстэригэр сүгүрүйэр иэһин боруостаабыт киһи быһыытынан, умуһах диэки аргыый, ол эрээри чиҥ-чиҥник хардыылаабытынан бардаН. Заболоцкай
7 · туохтуур
- Ким эмэ тылыгар эбэтэр туохха эмэ хардар, хоруйдаа
Нууччалыы
- Отвечать на чьи-л. слова или на что-л. чем-л. ; реагировать
- Киһи ыйыттаҕына эппэт, күлэн эрэ боруостуур. Кини хоодуот уолчаан: Икки-үс эрэ сэриилэргэ Эрэл соҕустук кыайарга, Көтүтэн өстөөххө тиийэргэ, Күлэн буомбаҕа боруостуурга. А. Пушкин (тылб. )
8 · этии
- Иэһин (иэһи) боруостаа көр иэһин төлөө. Ыар ыалдьыт, нүһэр хоноһо буолан, халыҥ тириитин хайытан, хараҥа хаанын тоҕон, иэһи боруостаан көрүөм. Эрилик Эристиин. Аата, биир иэһин боруостаатаҕым. Суорун Омоллоон. Туллай ааһа көтүтэн иһэн, иэс боруостаһан, Чылбыаны эмиэ сирэйгэ кууһуннарбыта. И. Федосеев