буруу
- көр бурулҕан. Тыы били буруу оргуйа, тула кулахачыйа сытар сирин диэки аллара элэстэнэн киирэн истэ. Н. Заболоцкай. Онон-манан быыкайкаан буруулар эргичийэн ылаллар. А. Сыромятникова. Үөрүмэ эгэлгэ астаахха, Соболуу минньигэс тыллаахха - Эрдиитэ суох тыыга мэҥэстиэҥ, Эҥсилгэн бурууга эриллиэҥ. Айталын