буулат
- буулаа диэнтэн дьаһ. туһ. Архах өлүүгэ аныыр, Бодоҥ өлүүгэ буулатар. Сыҥсаар өлүүгэ сытыарар. Өксөкүлээх Өлөксөй. Бу муҥнаахтарга бу дууһаны, [Сэмэн Бэһиэлэйэби] эн [Татаар кыыһа Дьэбдьиэскэ] тоҕо буулаттыҥ! Амма Аччыгыйа. Буурҕаҕа хаайтаран, Кыылга да буулатан, Үгүстүк да өлө Сыспыта Хомустаан. Эллэй