этии
бэйэлээх буолуо дуо
- эб. Саҥарааччы үксүгэр сөҕөр-махтайар дэгэттээх риторическай бигэргэтиитин көрдөрөр (кэлэр, билиҥҥи кэмнээх аат туохтуурдары кытта тут-лар)
Нууччалыы
- Выражает эмоциональное утверждение говорящего часто с оттенком восхищения (употр. с прич. буд. и наст. вр. )
- Өндөрөй акаары, мэник оҕо курдук, төбөтүн кыстык-балта икки ардыгар уган биэриэх бэйэлээх буолуо дуо. П. Ойуунускай. Былыргы өһүн умнуох бэйэлээх буолуо дуо? И. Гоголев. Эгэ, киэҥ Өлүөнэ обургу Оччугуй үрүччэ саҥатын Ахсарыах бэйэлээх буолуо дуо? С. Данилов. Тыраахтар обургу тулутуох бэйэлээх буолуо дуо? И. Федосеев. Доропуун оҕонньор ол сүүсчэкэ бытархай, субан сүөһүнү көрбөт бэйэлээх буолуо дуо? Н. Заболоцкай. Семен, оччону көрөн баран, ааһар бэйэлээх буолуо дуо, - Ньукулааскыттан кэлэн ыйыппыт. СофрДанилов