ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

бэспэҥнээ

  • бэспэй диэнтэн б. тэҥ көстүү. [Эһэ] төбөтүн харыларыгар ньолбоччу сытан иһиллээн баран, оргууй туран туора хааман бэспэҥнээн хаалар. Амма Аччыгыйа. Саха тылыгар ити курдук быһыыны-таһааны, киэби-киэлини көрдөрөр эпитет элбэх, холобур: мөлбөрдүүр, мөлбөрөҥнүүр, туораҥныыр, бэспэҥниир, кыдьараҥныыр эҥин диэннэр. Күндэ. Киил оҕонньор наҕыл киһи быһыытынан сис туттан, оргууй аҕай хааман бэспэҥнээн истэ. Н. Лугинов

«Б» буукуба