аат тыл
бэтэнээски
- , сэнээн. Тугу эмэ оҥорорго, гынарга, этэргэ (этии киллэрэргэ) олус эдэр, үөрүйэҕэ суох, онон ахсааҥҥа ылыллыбат, тыла аахсыллыбат киһи
Нууччалыы
- Молокосос, юнец, мнение которого в счет не берется
- Эйиэхэ, маннык бэтэнээскигэ, бэйэлээх бэйэм холкуоспун үрэйтэриэм суоҕа. Л. Попов. Ойуунускай сахатын тылын ууһа-урана, олоҥхотун омуна-төлөнө, нууччаттан киирэн саха тылын байыппыт тыллар, “бэҕэһээҥҥи бэтэнээски” диэн ити бедняжкаҥ сылдьар эбээт! Амма Аччыгыйа. [Чоочо:] Бэҕэһээҥҥи бэтэнээски, сигэнэ оонньуур араҥас маһыҥ мин буолбут дииВ. Протодьяконов