ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

дьалкыҥнас

I · 1

  • дьалкыҥнаа диэнтэн холб. туһ. Сахаар кылар харахтара соһуйан дьалкыҥнастылар. Амма Аччыгыйа. [Оҥочо] тула өттүгэр үрдүк үлүгэр долгуннар дьалкыҥнаһаллара. В. Бианки (тылб. )

II · 2 · даҕааһын

  • Дьалкыҥныыр, дьалкыйа хамсыыр

Нууччалыы

  • Колыхающийся, расплескивающийся, шатающийся, неустойчивый
  • Хара Баттах [киһи аата] аһаабакка-сиэбэккэ илистибитэ. Сүһүөхтэрэ дьалкыҥнас буолбуттарСэмэн Тумат

II · 3 · этии

  • Төбөтө (баһа) дьалкыҥнас  төбөтө күүскэ түллэҥнээн ыалдьар (хас хамсаннаҕын аайы) Миитэрэй туран сүгэтин булан маһын кэрдэн көрөөрү гыммыта  баһа ыаҕастаах уу курдук дьалкыҥнас. Амма Аччыгыйа. "Оҕолоор, төбөм ыаҕастаах уу курдук дьалкыҥнас, мэйиим эргийэр",  дии-дии Саша төбөтүн икки ытыһынан хам туттан олорбута. Н. Якутскай. Тамаҕа кууран хаалбыт, төбөтө дьалкыҥнас, уҥуох-уҥуохтара хайыта барыах курдуктар. И. Федосеев

Нууччалыы

  • Сильно болит голова (каждое движение отзывается сильной головной болью)

«ДЬ» буукуба