ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

дьигискэннээх

1 · даҕааһын

  • даҕ
  • Бүлүү, Бүлүү эбэбин бүгүн өйдөөн кэллим мин: Дьэргэйбэхтии сүүрэр-көтөр Дьигискэннээх сүүрүктээх. Л. Попов. Ыллыах эрэ, көмүһүөм, Саха сирин күөх сааһын, Дьигискэннээх өрүһүн Лена оонньуур көр баалын. Дьуон Дьаҥылы. Эбэ уутун дьигискэннээх сүүрүгүн күүһэ полюһу алдьатыа диэн олус куттаммыттар. ПАК НТ

2 · даҕааһын

  • Үллэ-үллэ түһэр, күүрээннээх

Нууччалыы

  • Порывистый, сильный (напр. , движение волны)
  • Бүлүү, Бүлүү эбэбин бүгүн өйдөөн кэллим мин: Дьэргэйбэхтии сүүрэр-көтөр Дьигискэннээх сүүрүктээх. Л. Попов. Ыллыах эрэ, көмүһүөм, Саха сирин күөх сааһын, Дьигискэннээх өрүһүн Лена оонньуур көр баалын. Дьуон Дьаҥылы. Эбэ уутун дьигискэннээх сүүрүгүн күүһэ полюһу алдьатыа диэн олус куттаммыттар. ПАК НТ

3 · даҕааһын

  • Түһүүлээх-тахсыылаах, охсуһуулаах, өрө күүрүүлээх

Нууччалыы

  • Тревожный, бурный, беспокойный
  • Мутугунан быраҕар муҥур үйэҥ ардыгар наһаа даҕаны дьигискэннээх буолан ылаттыыр. А. Данилов. Дьигискэннээх бу ааспыт кэм Нэксиэтигэр тулуйан, Киһи буолуу, Кирбиитигэр да сылдьан, Уһаарыллан, тапталлан Олохпутун буллахпыт. И. Петров. Дьэ онон хайдах эрэ "идиэйэлэрдээх" киһи курдук көстөн, кини каадырдары сыымайдыыр кэм дьигискэннээх долгунун үрдүгэр өрө күөрэйэн тахсан кэлэрП. Аввакумов

«ДЬ» буукуба