ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

дьигиҥнэс

I · 1

  • дьигиҥнээ диэнтэн холб. туһ. [Төрөппүттэр] оҕолорун аата ааттаннаҕын аайы дьигиҥнэһэ олордулар. Н. Лугинов. Маша ыҥыырыттан ыстанан түһэн, биир сиргэ тоҕуоруспут, куттанан кистии-кистии дьигиҥнэһэ турар биэлэри аһара сүүрдэ. "ХС". [Соня] маккыраччы ытыы сытар эбит. Чараас тэтэркэй былааччыйатын дуомун хам баттаан, кумалаан кэбиспит, сыгынньахсыйбыт сарыннара өрүтэ дьигиҥнэһэллэр. Л. Толстой (тылб. )

II · 2 · даҕааһын

  • Эмискэ-эмискэ дьигиҥнээн хамсыыр

Нууччалыы

  • Вздрагивающий, содрогающийся
  • Анфиса ньирэйдэрин ортотугар киирэн, тобугар бүк түһэн ытыы олордоҕуна, ким эрэ чэпчэки илиитэ кини дьигиҥнэс санныгар тайанна. С. Федотов. Сылгылар холорук курдук ытыллан саба сүүрдэн кэлбит дьонтон -- куттанан дьигиҥнэс этилэр. "ХС". Тугут титирээн дьигиҥнэс. ВН СС

«ДЬ» буукуба