ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

дьигиһийбэхтээ

  • дьигиһий диэнтэн тиэт. көрүҥ. Тымныы уулаах үрэҕи харбаан туораабыт сылгылыы дьигиһийбэхтээтэ, өрүтэ уһуурбахтаата, баһын быһа илгиһиннэ. И. Гоголев. Дуугун оҕонньор ити тыллартан уҥуоҕа титирэстээн, дьигиһийбэхтии олордо. М. Доҕордуурап. Онуоха [Тойон Дьөллүүт бухатыыр дьиэтин иһигэр лиһигир гына түспүтүгэр] дьиэлэрин эркиннэрэ, Имэ-хомо суох эттэххэ, Дьигиһийбэхтээн ылла, Баҕаналара бачыгыраамахтаата. П. Ядрихинскай

«ДЬ» буукуба