ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

дьоллон

  • дьоллоо диэнтэн бэй. туһ. Долгуйар Дьокуускай куоракка [үөрэнэн] Дьоллонор сир баарын мин биллим. Эллэй. Ол курдук үлэһит киһи үлэтэ суох тэһийбэт: үлэлээтэҕинэ эрэ дуоһуйар, үөрэр-көтөр, дьоллонор, тотор-ханар. И. Данилов. Түһээн эйигин көрдөхпүнэ, ол күн сүрдээхтик дьоллонобун. С. Ефремов. Ол онтон ыла мин дьоллонон, Дьэ, суолбун булбутум, Охсуһуу уотугар хооруллан Сэрииһит буолбутум. А. Абаҕыыныскай

«ДЬ» буукуба