дьоролдьус
- дьоролдьуй диэнтэн холб. туһ. Хатыҥнар-тэтиҥнэр үҥкүүлээн тайаарыспытынан барыахтара, тииттэр, харыйалар кинилэр тула дьоролдьуһа көтүөхтэрэ. Амма Аччыгыйа. Уолаттар, оо, чахчы кинилэр Дьоролдьуһар туруйалар, Ат бөҕө, кус быһый ити кинилэр, Хаампаттар, сиртэн тэйэллэр. И. Эртюков