Ис хоһоонно- дьохсой диэнтэн бэй. туһ. Дорҕоонноох саҥалаах, Хомполлубут тумустаах, Дьохсоллубут уҥуохтаах [тойон кыыл]. Саха нар. ыр. I. [Чыычаах] Кэпсэтэн эрэрдии Кэҕиҥнии-кэҕиҥнии Дьоҕустай бэйэтэ Дьохсоллон олордо. С. Данилов. Уол, өссө сонуну истээри, дьохсоллон олорон, абылаппыттыы көрө-көрө, киһитин айаҕын кэтээтэ. Болот Боотур. Кинээс дьон ортотугар дьохсоллон олорон, тыл кыбытар. Н. Габышев. Хотоҕойдоохтор хоһууннара хотой кыыл холку үлүгэрдик дьохсоллон олорор. С. Васильев
← «ДЬ» буукуба