дьэбидий
1
- көр дьэбиннир (1). Хас уон сылы мэлдьи дьэбидийбит, кыа хааны иҥэрбит сыабы төлүтэ мөҥөн турар күн кэлиэ. Күндэ. Үгүс хайа боруодатыгар тимир баар, ол тимир суураллыы түмүгэр, күн уота көрөн, үөһэ тахсан дьэбидийэр. ДНА СХБКК
2
- көр дьэбиннир (3). Арҕаа халлааҥҥа, кытара ууллубут чугуун курдук, күн кытара дьэбидийэн, мэлбэйдэ-мэлбэйбитинэн олоро түһэн эрэр эбит. П. Ойуунускай. Орудиелар ньиргиэрдэрин кытта тэҥҥэ ситинник өһөҕүрэ дьэбидийбит саҕах арылла түспүтэ. Софр. Данилов
3
- Сөбүлээбэккэ, кыыһыран, ыар санааҕа баттатан күлүгүр, тыйыһыр (киһи сирэйин туһунан); кытаат, тимир-тамыр көрүҥнэн, тымный (куолас, харах)
Нууччалыы
- Темнеть, мрачнеть, каменеть; лицом стать суровым, твердым, холодным (о голосе, взгляде), стекленеть (о глазах)
- Уулаах Атах ороҥҥо Саһааннаах олорорун көрөн, хаана-сиинэ дьэбидийэ түстэ. Эрилик Эристиин. Абыраамап, суоһуран, -- тимир-тамыр көрдөҕүнэ, дьэбидийбит куоластаннаҕына, Маппыр торуттар, сүрүн-кутун баттатар. Л. Попов. Үөрэн дьиримнэспит харахтарын уота-күөһэ умуллан, тымныйан, дьэбидийэн кэллилэр. СофрДанилов
- Кытаанах, тыйыс хааннаах, ыарахан майгылаах буол. Θ Иметь суровый непреклонный упрямый, тяжелый характер. Айдар дьэбидийэн түһэн, кытаанах киһиН. Лугинов
- Тымныы тыыннан, тымный, киһи кута-сүрэ тохтообот буол. Θ Становиться холодным, холодать; становиться неуютным, необжитым (напр. , о заброшенном жилье). Халлаан күн-түүн дьэбидийэн, уорастыйан испитэ. Далан. Бэһиэлэйэптэр -- балаҕаннара аһаҕас түннүктэринэн одуулаһан дьэбидийэн турарАмма Аччыгыйа