дьүһүннэн
- дьүһүннээ диэнтэн бэй. туһ. [Кыыс оҕо] Уон түөрдүн-биэһин диэки -- Үргүүк дьүһүннэннэ, Дьиэгэнис сирэйдэннэ, Дьиэрэҥкэй идэлэннэ. Өксөкүлээх Өлөксөй. Чаабый Натааһа, урукку куолутунан, киэбэ-киэлитэ уларыйан, ынырыктаах ыар дьүһүннэнэн, Маайа диэки көрүтэлээн кэбистэ. Эрилик Эристиин. [Дмитриев бандьыыт:] Баҕар, көннөрү дьон курдук дьүһүннэнэн бассабыык үспүйүөннэрэ сылдьыбыттара буолуо. С. Ефремов