дэлэт
- дэлэй диэнтэн дьаһ. туһ. Холкуоска кэлэммин Үүт ыамын үрдэтэр, Үрүҥ ас дэлэтэр Үөрүүлээх дьоллоохпун. Күннүк Уурастыырап. Сааскы күн сандала сир үрдүн симээтэ, Эн үлэҥ кыайыыта уйгуну дэлэттэ. Эллэй. Үлэ биһиги аһыыр-таҥнар быйаҥмытын дэлэтэр, сир үрдүгэр туох үчүгэй баарын барытын кини айар. Суорун Омоллоон