илибирэс
I · 1
- илибирээ диэнтэн холб. туһ. Оҕонньор сирэйэ мырдыстан барда, халтаһалара илибирэстилэр, көрбөт буолбут көмүскэлэриттэн бөдөҥ таммахтар мөлбөрүстүлэр. Амма Аччыгыйа. Ол боробуос богуоннарын кэннилэринэн Орунбаевтар илдьирийбит сонноро илибирэһэр. Эрилик Эристиин. Дороххой сэбирдэхтэр илибирэһэ хамсыыллар. А. Федоров
II · 2 · даҕааһын
- Дьигиһийэн ылар, титирэс; тэлибирэс
Нууччалыы
- Дрожащий, трепещущий, трясущийся
- Үс үүт маҥан булгунньах Үрүт өттүгэр Үүнэн турар Илибирэс сэбирдэхтээх, Икки салаалаах Нуоҕай маҥан хатыҥ... П. Ойуунускай. Билиҥҥэ диэри бу баар курдук өйдүүбүн кыыс кытарбыт, кыбыстыбыт сирэйин, илибирэс итии тарбахтарын уонна ураты истигэн этин! Далан. Илибирэс сэбирдэхтээх күөх иирэлэр, уу ньуурун таас сиэркилэ оҥостоннор - улуутуйан көстөллөрВ. Сыромятников