илэ-чахчы
- көр илэ бааччы. Икки ааттаах ойуун олорор сирдэрэ чугаһаабыта илэ-чахчы биллэн барда. Н. Якутскай. Тыа сиригэр ыалга киирдэх аайы, олох көммүтэ илэ-чахчы харахха быраҕыллар. Ф. Софронов. Тыл көмөтүнэн бу курдук киһи хараҕар илэ-чахчы нэлэс гынан арылла түһэр муора улуу көстүүтүн ойуулааһын суруйааччыга эрэ кыайтарбат суол. Эрчимэн