имэҥнээх
1 · даҕааһын
- I. Курдаттыы тардар иэйиилээх; омуннаах, умайар иэйиилээх
Нууччалыы
- Проникнутый сильным чувством; страстный, пылкий
- Көр эрэ: баай күндү дьиэтигэр Бардам баал байҕаллыы ньиргийэр, Имэҥнээх муусука эҥээттэр, Фокстрот сааланы эргийэр. Эллэй. Истэҕиэн эдэркээн оҕо-кыыс Имэҥнээх күлүүтүн! А. Абаҕыыныскай. Эмээхсимминиин, эдэр эрдэхпинэ, биһиги тапталбыт имэҥнээх таптал этэ! М. Шолохов (тылб. ). Ити имэҥнээх суругу, таптал суругун Наташа салҕалас буолбут илиитигэр тутан баран ааҕар. Л. Толстой (тылб. )
2 · даҕааһын
- Олус күүстээх, уохтаах (хол. , тымныы, тыал уо. д. а. )
Нууччалыы
- Неистовый, неукротимый (о стихиях, погоде и. т. п. )
- Имэҥнээх тымныыбыт Илэ-бодо эргийдэ. А. Софронов. Сытыы тыалга кыйдатан [Харыйа] Саргылаах саас имэҥнээх итиитин эккэ-хааҥҥа иҥэринэр эриэккэс үөрүүтүн билбитэ дуо? Г. Угаров. Сылаас күннэр куоттулар, Итии, тымныы охсуһан Имэҥнээх дьыбар хотто. Н. Тарабукин (тылб. )
3 · даҕааһын
- Киһини абылыыр күүстээх, долгутуулаах, уоттаах-төлөннөөх (үксүгэр тыл, этии туһунан)
Нууччалыы
- Обладающий, особой силой внушения; способностью чаровать, проникновенный (обычно о речи, песне)
- Иҥсэлээх хоһоонноох, Имэҥнээх этиилээх, Ичээн буоларга Этитиилээх эбиккин эбээ, нохоо! А. Софронов. Оннооҕор Уордаах Үөксүкү этэр тыла илбистээх, имэҥнээх. Эрчимэн. Семен Данилов поэзията сахалыытыгар күүстээҕэ, имэҥнээҕэ, эҥсилгэннээҕэ нууччалыы "табыллыытын" сүрүн төрүөтүнэн буолар дии саныыбын мин"ХС"
4 · даҕааһын
- Туохха эмэ курдаттыы тартарар иҥсэлээх, оботтоох
Нууччалыы
- Жадный до чего-л. , жаждущий чего-л
- Ис куҥҥар имэҥнээх, Иҥиир эрбэхтээх, Тас куҥҥар дьалыннаах, Табар тарбахтаах Хандалы хара тыа хаххалаах Хаан Хандыҕан оҕонньор. П. Ойуунускай. Имэҥнээх сытыы кылыстара Ириэнэх сигэ курдук Эриллэн хаалла. С. Васильев. Күөх буруобунан Күнү бүөлээтим, Икки атахтааҕы Имэҥнээх оҥордумС. Зверев
5 · этии
- Имэҥнээх хараҥа иһийбит, сиэххэ-аһыахха айылаах ынырык хараҥаны ойуулааһын Ол ахсын иэһийэр имэҥнээх хараҥа соһуйбут курдук өрүтэ көтүөлээн, дьэргэҥнии түһэрэ, дьэ эбии иэһийэрэ, дьэ ордук барыастара. П. Ойуунускай. Тула Им-дьим тыҥаата, Имэҥнээх хараҥа халыҥаата. В. Лебедев (тылб. )
Нууччалыы
- Эпитет всепоглощающей глубокой тьмы, подавляющей, парализующей человека своей абсолютной тишиной и чернотой