инньэ гынан
1
- ситимн. сыһыан холб
- Сүөдэр, инньэ гынан, ийэ-аҕа диэн, уруу-аймах диэн суоҕа дуу? А. Софронов. Инньэ гынан, икки хонон баран, Ньукууһу батыһыннаран, оскуолаҕа барда. Суорун Омоллоон. Инньэ гынан, тохсус застава олорбут сирэ тиһэҕэр бигэтик быһаарыллыбыта. ССС БК
2
- Саҥарааччы урут этиллибиттэри түмэн, түмүктээн этиитин көрдөрөр
Нууччалыы
- Выражает субъективное обобщение, заключение высказанных мыслей (итак, таким образом)
- Сүөдэр, инньэ гынан, ийэ-аҕа диэн, уруу-аймах диэн суоҕа дуу? А. Софронов. Инньэ гынан, икки хонон баран, Ньукууһу батыһыннаран, оскуолаҕа барда. Суорун Омоллоон. Инньэ гынан, тохсус застава олорбут сирэ тиһэҕэр бигэтик быһаарыллыбыта. ССС БК
3
- Этиллэр санааны урут этиллибиттэргэ содул, түмүк быһыытынан холбооһуну көрдөрөр
Нууччалыы
- Выражает присоединение высказываемой мысли к предыдущим как их следствие и результат (поэтому, так что)
- Дьокуускай итэҕэһэ онтон билиҥҥэ диэри биир киниэхэ күөх, от-мас суох. Инньэ гынан, киһи, саас эрэ буоллар, тыаны, күөҕү олус ахтар. Суорун Омоллоон. Онон уруогуҥ дьаалатынан устан барда. Инньэ гынан, туруоруммут сыалгын кыайан ситиспэтиҥ. Софр. Данилов. Саҥа аҕам сүрдээх таҥараһыт идэлээх киһи этэ. Инньэ гынан миигин, иитэ ылаат, таҥара малыыппатыгар үөрэппитинэн барбытаН. Габышев
4
- Холбуу этии иһигэр төрүөт суолталаах ситим тыл оруолун толорор
Нууччалыы
- Внутри сложноподчиненного предложения выполняет роль причинного союза (поэтому, потому и)
- Оччотооҕу мин ааҕарбар сөптөөх кинигэ диэн суоҕа, инньэ гынан, биир ааҕар кинигэлэрин ааҕан барбытымН. Габышев