истээхтээ
- иһит диэнтэн атаах. Мин тугу истээхтиэмий, арай эйигин, оҕо эрдэххиттэн көрбүт, билбит оҕо тойонум, куһаҕан, чэпчэки дьахтарга түбэһэн олоҕо алдьанаары гыннаҕа диэн, аһына сылдьабын. А. Софронов. Ииппит, аһаппыт ийэҕит Этэр тылын истээхтээҥ, Кынаккытын күүрдэҥҥит Көтөн-дайан көрөөхтөөҥ! Эллэй. Тапталлаах сибэкким, эн миигин Талбааран турдаҕа диэхтээмэ, Ыл аҕал, түөспэр уур илиигин, Эдэр уол этэрин истээхтээ. П. Тулааһынап