иччилээх
1 · даҕааһын
- даҕ
- таах иччилээх балаҕан. Амма Аччыгыйа. Үрэх баһын киһитигэр Уулаах Уйбааҥҥа бары барыта иччилээх, алаас барыта абааһылаах курдук. Эрилик Эристиин. Хас сир-уот, хас үрэх, улуу тумуһахтар, таас дьааҥылар, аартыктар - бары иччилээхтэр. Саха фольк. Ааһар дьон бу тиити улахан иччилээх диэн тумналларН. Павлов
2 · даҕааһын
- итэҕ. Көстүбэт тыыннаах (абааһылаах диир кэриэтэ)
Нууччалыы
- Имеющий духа-хозяина
- таах иччилээх балаҕан. Амма Аччыгыйа. Үрэх баһын киһитигэр Уулаах Уйбааҥҥа бары барыта иччилээх, алаас барыта абааһылаах курдук. Эрилик Эристиин. Хас сир-уот, хас үрэх, улуу тумуһахтар, таас дьааҥылар, аартыктар - бары иччилээхтэр. Саха фольк. Ааһар дьон бу тиити улахан иччилээх диэн тумналларН. Павлов
3 · даҕааһын
- Дьикти, кистэлэҥ күүстээх
Нууччалыы
- Обладающий удивительной, таинственной силой
- Иччилээх тыллаах, Иҥсэлээх хоһоонноох, Имэҥнээх этиилээх, Ичээн буоларга Этитиилээх эбиккин эбэ, нохоо! А. Софронов. Ол курдук үс түүн субуруччу олус иччилээх түүллэри көрөн турабын. Далан. Кириэстэн уонна Глафира иччилээх саҥатыттан дьулайда. Л. Попов. Мин иччилээх түүлү түһээтим!А. Сыромятникова
4 · даҕааһын
- Иһигэр туохтаах эрэ (хол. , иһит)
Нууччалыы
- Имеющий содержимое, с содержимым (о сосуде, мешке и т. д. )
- Хата дьогдьоот сыл буолан, оҕонньор куобаҕы балачча бултаабыта, күнүн аайы сүгэһэрэ иччилээх киирэрэ. Далан. Биирдэ кинилэр иччилээх арҕаҕы булбуттарМ. Чооруоһап