аат
иэдэйии
- иэдэй диэнтэн хай. аата. Кистээбэккэ эттэххэ, кини итинник "иэдэйиилэри" быйыл балачча истимэхтээтэ, ол да буоллар сырыы аайы соһуйарын кубулуппат. Н. Заболоцкай. Өрөгөйдүүм, иэдэйиим Өрүү өйүүр, өйдүүр миигин. В. Миронов. Алексей Александрович дууһатын иэдэйиитэ улам күүһүрэн истэ уонна кини кыайан утары мөккүспэт буоларыгар тиийэн хаалла. Л. Толстой (тылб. )