ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

иэрэҥ

1 · даҕааһын

  • Саарбах, халбаҥ, эндир; чуолкай быһаарыыта суох; хайдах баҕарар буолуох курдук

Нууччалыы

  • Шаткий; нечеткий, неопределенный, неконкретный
  • Эн иирээннээх, иэрэҥ олоххун кытары Мин бэйэм олохпун холбуурга сананным. П. Ойуунускай. Мин оҕобун олох байҕалыгар Соҕотохтуу утааран бараммын, Турабын үс аартык арахсыытыгар иэрэҥ санааҕа ыга ылларан. С. Данилов. "Сөбүн сөп эрээрилэр, Тута кыалла охсубуттар,"  Табахтаан ыла саараатыгар Сорох иэрэҥ биригэдьиирдэр. Нахов уоскута сигэнэр Үлэһит илии тиийбэтигэрР. Баҕатаайыскай

2 · этии

  • Иэрэҥ ардах (самыыр)  түһэр-түспэт икки ардынан ардах; тохтуу-тохтуу түһэр ардах Этиҥ бүтэҥитик этэр буоллаҕына, иэрэҥ самыыр, оттон лаһыгыраан эттэҕинэ дохсун ардах түһүөхтээх. ДьСИи

Нууччалыы

  • Едва моросящий; непостоянный, преривыстый дождь

«И» буукуба