кимиэллээх
1 · даҕааһын
- даҕ
- Соҕотох кини [тыраахтар] тыаһа кимиэллээх, Хочо иһэ дьигиһийдэ. А. Бродников. Күһүн, кэлэн иһэр кэм кэлэн иһэр курдук, кимиэллээх, ыксаллаахВ. Сыромятников
2 · даҕааһын
- Иһиттэн күүстээх дьайыылаах; кимиилээх (тыас-уус, айылҕа туһунан)
Нууччалыы
- Энергичный, наступательный, активный (о природных явлениях)
- Соҕотох кини [тыраахтар] тыаһа кимиэллээх, Хочо иһэ дьигиһийдэ. А. Бродников. Күһүн, кэлэн иһэр кэм кэлэн иһэр курдук, кимиэллээх, ыксаллаахВ. Сыромятников
3 · даҕааһын
- Олус уохтаах, хатан, итирдэр
Нууччалыы
- Очень крепкий, хмельной, пьянящий
- Кимиэллээх кымыһы Кэбирэх арыынан киэргэттим. Саха сэһ. 1977. Кимиэллээх кымыс Итиригэ буолбут. ГДМ БМБ. Кистэлэҥ баар удьурхай хамсаҕа, Кимиэллээх арыгы таммаҕар. Р. Гамзатов (тылб. )
4 · даҕааһын
- Чиҥ, кытаанах; куһаҕан дьайыылаах
Нууччалыы
- Твердый, строгий; наступательный, агрессивный
- Хамандыырдарын саҥата бастаан холку курдук эрээри, кэнникинэн кимиэллээх буолан биэрдэ. Г. Колесов. Ити суруйууга -- Данте кимиэллээх киҥэ-наара тарыйа тардыллыбыта. ЛВМТА