кистэс
I · 1
- кистээ I диэнтэн холб. туһ. [Кыргыттар] Биһилэх кистэһэргэ Бэркэ бэһирдилэр. Өксөкүлээх Өлөксөй. Ытаабыт-соҥообут дьону уоскутуһан, уолу кистэһэн баран бу кэллим. В. Протодьяконов
II · 2
- кистээ II диэнтэн холб. туһ. Киһи кэпсэтэн билсэр, сылгы кистэһэн билсэр (өс хоһ. ). Ханна эрэ ыраах сылгылар кистэспит саҥалара тоҥ салгыны тоҕо ааҥнаатаҕына, ыран-сылайан иһэр аттар -- сэргэхсийэ түһэллэр. Эрилик Эристиин. Уойан тупсубут атыырдар -- дорҕоонноохтук кистэһэллэрэ. Ч. Айтматов (тылб. ). Элиэлэр сэтэрээбит курдук омуннаахтык кистэһэн дьырыластылар. В. Короленко (тылб. )