куллугурас
I · 1
- куллугураа диэнтэн холб. туһ. Куртуйахтар ах баран, тохтуу түһэн ылаат, -- эбии сэтэрээбиттии чууһурҕаһа, куллугураһа түстүлэр. Р. Кулаковскай. Волость старшината -- куоластар биир күрүс куллугураһалларын иһиллииргэ дылыта. М. Горькай (тылб. )
II · 2 · даҕааһын
- Куллугуруур курдук саҥалаах
Нууччалыы
- Бубнящий, бормочущий
- Куччугуйа - Харсаах Уйбаан - Куллугурас куолуһут, Куруубайа да наһаа Кумах тохтор киһиргэс. Күннүк Уурастыырап. Куллугурас куртуйахтар, Куолугутун тохтотуҥ. Ырыаҕытын ыллатыаҕым, Ыккыйтан кыйдатыаҕымС. Тимофеев