кыладабыай
1
- көр кыладыапка. Олорор дьиэ барыта "көстүүнэйдээх", "утуйар хостоох" уонна ас-үөл уурар кыладабыайдаах эбит. ДьДьДь. Толору ытыс сэлиэһинэйи кыладабыайтан аҕалан, түннүгүн таһыгар ыһан кэбистэ. М. Шолохов (тылб. )
2
- Киһи туох эмэ туһалааҕы сомсор, хостуур сирэ
Нууччалыы
- Кладовая (источник богатств, знаний и т. д. )
- Айылҕа былыр-былыргыттан киһи баайа, хасааһа, кыладабыайа. Ону кини харыстыах тустаах. Далан. Саха сирэ биһиги улуу Ийэ дойдубут сиртэн хостонор баайдаах бөдөҥ кыладабыайынан буолан иһэр. "ХС". Олоҥхо - саха тылын, саха дьонун духуобунай култууратын, олоҕун илгэтин, историятын биллэрэргэ муҥура биллибэт баай кыладабыай буоларФНИ ООҮө