кыыспахтаа
- кыыс I диэнтэн тиэт. көрүҥ. [Тоҕой Сэлэ] хотойо тэнийэр хочотугар дьэргэлгэн түһэн дьирибиниир, кураан күҥҥэ туҥат кыыспахтаан ылар. Л. Попов. Күн күлэ кыыспахтыы, Көмүһүн ыспахтыы, Үөрбэ таас хайаттан өндөй[дө]. Р. Баҕатаайыскай. Бадахшан тааһа киэргэллээх балдахина кылбаҥныыр, Хаарыан күнүм ол анныттан сардаҥанан кыыспахтыыр. Ш. Руставели (тылб. )