кэбигирэт
1 · туохтуур
- тыаһы үт. туохт
- Мордьо күтэр эрдийэн, Ордьо тииһинэн түһэрэн Кэбинэн кэбигирэттэ. С. Данилов. Баһычча уҥуох силгэтин ыстаан кэбигирэтэ-кэбигирэтэ, саҥаран сөллүгүрэттэ. Болот Боотур. [Кутуйах] умнаһы инники атахтарынан, илиилэринэн кэриэтэ, өндөтөрө да, түргэн үлүгэрдик кэбийэн кэбигирэппитинэн барара. В. Бианки (тылб. )
2 · туохтуур
- Түргэн-түргэнник кирдиргэччи кэбий, кэрбээ
Нууччалыы
- Быстро грызть что-л. передними зубами
- Мордьо күтэр эрдийэн, Ордьо тииһинэн түһэрэн Кэбинэн кэбигирэттэ. С. Данилов. Баһычча уҥуох силгэтин ыстаан кэбигирэтэ-кэбигирэтэ, саҥаран сөллүгүрэттэ. Болот Боотур. [Кутуйах] умнаһы инники атахтарынан, илиилэринэн кэриэтэ, өндөтөрө да, түргэн үлүгэрдик кэбийэн кэбигирэппитинэн барара. В. Бианки (тылб. )
3 · туохтуур
- кэбигирээ диэн курдук. [Миитэрэй] нэһи сэргэхситэр, улугу уһугуннарар, көрдөөх тыллары бэрт дөбөҥнүк этэн кэбигирэтэн кэбиһэр. Амма Аччыгыйа. [Миша] унаарыччы көрөн олорон: "Бу эн туох буолбут киһигиний доҕор!" - диэн сүр имигэстик сахалыы кэбигирэтэн кэбиһээт, туран барыаҕа. Амма Аччыгыйа