кэлээхтээ
- кэл диэнтэн атаах. "Ооккоом, доҕоргор кэлээхтээтэҕиҥ буолуо да, табыллыбакка олоробут", - оҕонньор бобуллаҥнаата. М. Доҕордуурап. Оо, күүтэн да биэрдим. Дьэ кэлээхтээтиҥ дуу? М. Попов. Саас маҥнай кэрэхсэтэр, Сайын дэлби салгытар -- "Туур, таар, даах" дьукаахпыт, Тураах кэлээхтээбит. И. Эртюков