күксүй
1 · туохтуур
- туохт
- Сорох дьон буруоттан чачайан сөтөллөн күксүйэллэр. М. Доҕордуурап. Бүлүмүөт үлэлээн күксүйэн барар, дьон бөлөх-бөлөх охтоллор. Эрилик Эристиин. [Мешков ыалдьан] нэһиилэ хаамар, сөтөллөн күксүйэрН. Габышев
2 · туохтуур
- Быһыттаҕас бүтэҥи тыаһы таһаар
Нууччалыы
- Издавать глухие прерывистые звуки, бухать (напр. , при кашле)
- Сорох дьон буруоттан чачайан сөтөллөн күксүйэллэр. М. Доҕордуурап. Бүлүмүөт үлэлээн күксүйэн барар, дьон бөлөх-бөлөх охтоллор. Эрилик Эристиин. [Мешков ыалдьан] нэһиилэ хаамар, сөтөллөн күксүйэрН. Габышев
3 · туохтуур
- Биир күдьүс күүгүнэччи күүскэ үр (уус күөрдүн туһунан)
Нууччалыы
- Дуть, раздувать сильно, ритмично, громко (о кузнечном мехе)
- Күөрт... Күөрт... Күтүр мөлтөх, Күлэр мөлтөх Күөрт күксүй! П. Ойуунускай. Күксүйэр төлөн иһигэр күөрдүн тыаһа күүгүнээбит Күкүр уус обургу. Суорун Омоллоон. Көҕөрөр төлөн тыыннаах, Күксүйэр өлүү күөртээх Күөттээни ууһа буолбут, Барык-сарык күлүктээх, Барылы хара дьүһүннээх -- Кытай Бахсылааны оҕонньорП. Ойуунускай